logotype
«Окружной центр народного творчества»
города Якутска

Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Олоҥхо түһүлгэтэ» күрэх Олоҥхо декадатын Хатаска арыйда

Сэтинньи 15 күнүгэр «Тускул» култуура киинигэр «Олоҥхо түһүлгэтэ» Өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх ыытылынна. Бу тэрээһин үгэс курдук үһүс сылын Хатас нэһилиэгэр олоҥхо декадатын арыйда.

Быйылгы күрэх уратытынан оҕо театральнай айымньытын сыла буоларынан олоҥхону театральнай туруоруу эмиэ киирдэ. Ол курдук Дьокуускай куорат алта уһуйааныттан уонна Хатастааҕы «Кэрэчээнэ» уһуйаантан 5 бөлөх кытыннылар, барыта 182 кыттааччы түһүлгэни төрүттэстэ. Ону таһынан Тааттаттан, Амматтан, Горнайтан, Мэҥэ Хаҥаластан, Дьокуускай куорат үс уһуйааныттан кэтэхтэн кыттыыннылар.
«Олоҥхо олохпут ситимэ» диэн нэһилиэккэ сахалыы тыыны тутар, төрүт култуураны, үгэһи олохсутар бырагыраамманан бары тэрилтэлэри холбуу тутан үлэлиир «Тускул» култуура киинин киирэр ааныттан кыттааччылары көрсөн, мустубут оҕолору сахалыы остуол оонньууларынан, хомуур оонньуунан аралдьытан, күрэх дьаралыга ойуулаах анал хаартыскаҕа түһэр миэстэ оҥоһуллан тэрийээччилэр кыһамньылара тута харахха быраҕыллар.
Түһүлгэ арыллыытын «Кэрэчээнэ» уһуйаан иитээччилэрэ, педагогтара Эрилик Эристиин «Буура Дохсун» олоҥхотуттан ааҕан, түһүлгэ Аал Луук маһын сириэдиттилэр. Уһуйаан уолаттара күпсүүр тыаһынан төрүт дорҕоону таһааран кыттааччылар сүргэлэрин көтөхтүлэр.

«Тускул» КК дириэктэрэ Валентин Азотович Чепалов, «Кэрэчээнэ» уһуйаан сэбиэдиссэйин иитэр-үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччы Саргылаана Андреевна Ноговицына эҕэрдэ тылларынан күрэх саҕаланна.

Дьүүллүүр сүбэҕэ Олоҥхо киинин фольклорга үлэтин сүрүннүүр, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ – Сысолятина Зоя Григорьевна, удьуор олоҥхоһут, тойуксут – Соколова Валентина Николаевна, Хатастааҕы норуот тыйаатырын режиссера, СӨ култууратын туйгуна – Быйаҥнаах Ичээнэ Баай кыыһа үлэлээтилэр.

Күрэх түмүгүнэн үгэс быһыытынан толорууга биэс саастаахтарга:
Дьокуускай куорат «Мичээр» уһуйаана- 1 үктэл,
«Солнечные лучики» уһуйаан – 2 үктэл,
«Уучукучук» уһуйаан – 1 үрдэл,
Хатас «Кэрэчээнэ» уһуйаан «Кулунчук» бөлөҕө – 2 үрдэл,
Хатас «Кустук» бөлөх 3 үрдэл буолары ситистилэр.
Алта саастаахтарга:
Хатас «Күнчээнэ» бөлөх – 1 үрдэл,
Дьокуускай, «Малышок» уһуйаан – 2 үрдэл.
Бу көрүҥҥэ «Кылаан кыайыылаах» анал аатын «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону толорбут Дьокуускай куорат «Уучукучук» уһуйаан «Чугдаар» ансамбль ылла.
«Бастыҥ уһуйааччы» – Лаптева Ксения Юрьевна,
«Кэскиллээх толорооччу» – Анита Назарова,
«Олоҥхо ырыатын бастыҥ толорооччу» – Дархан Варфоломеев.
«Төрүт үгэһи тутуһааччы» – Хатас, «Күнчээн» бөлөх,
«Быстыбат ситим» – Хатас, «Кулунчук» бөлөх

Олоҥхону театральнай туруорууга алта саастаахтарга:
Хатастан «Мичээр» бөлөх – 1 үрдэл,
Дьокуускай «Радуга» уһуйаана – 2 үрдэл,
Дьокуускай «Родничок» уһуйаан – 3 үрдэл.
Түөрт саастаахтарга:
Хатастан «Кэскил» бөлөх 1 үктэл буолары ситистилэр.
Бу көрүҥҥэ «Кылаан кыайыылаах» анал аатын «Бэриэт Бэргэн» олоҥхону туруорбут Хатастан «Мичээр» бэлэмнэнии бөлөх ылла.
«Бастыҥ режиссура» – Хатас, «Мичээр» бөлөх,
«Бастыҥ муусуканан киэргэтии» – Хатас, «Кэскил» бөлөх,
«Бастыҥ сценография» – Дьокуускай, «Радуга» уһуйаан,
«Бастыҥ дьахтар оруола» – Хатас, Амелия Максимова,
«Бастыҥ эр киһи оруола» – Дьокуускай, «Радуга» уһуйаан Кирилл Беляев,
«Бастыҥ көстүүм» – Дьокуускай, «Родничок» уһуйаан буоллулар.
Тэрийээччилэр «Айар» кыһаҕа саҥа бэчээттэнэн тахсыбыт «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» «Кэрэчээнэ» оҕо саадын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н.Старкова босуобуйатын «Олоҥхо түһүлгэтин» төрүттэспит бары кыттааччыларга бэлэх ууннулар.

Ити курдук кыттааччылар бука бары илии тутуурдаах, өттүк харалаах, кыайыы көтөллөөх «Олоҥхо түһүлгэтигэр көрсүөххэ диэри!» – дэһэн үөрэн-көтөн тарҕастылар.

 

Сюжет о конкурсе «Олонхо түһүлгэтэ» в с.Хатассы (18.11.2024) на RUTUBE