logotype
«Окружной центр народного творчества»
города Якутска

Айылҕалаахтардыын алтыһыы

«Арчы Дьиэтэ» ыйын ахсын ый хаамыытынан «Айылҕалаахтардыын алтыһыы» диэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ биллибит, бигэ көмө-тирэх, сүбэ-ама биэрэр «Айылҕалаах дьоннорбутуун» нэһилиэнньэни кытта көрүһүннэрэбит.
Бүгүҥҥү көрсүһүүбүт ыалдьыта, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Бэдьимэ нэһилиэгиттэн төрүттээх, Арассыыйа үрдүкү ойууннарын солбуйааччыта, Саха Итэҕэлин Ытык Сүбэтин түсчүтэ, норуот эмчитэ, үгүс дьон билиниитин ылбыт Афонскай Иннокентий Иннокентьевич – Лэгэн Лэгэнтэй буолар. Бу истиҥ көрсүһүүгэ кэлбит дьонугар – сэргэтигэр сүбэтин-аматын, ону тэҥэ алгыһын ыытта.

Любовь Константинова